«Саха тыла 400» диэн ааттаммыт ийэ тылы харыстыыр сыаллаах тэриллибит саҥа хамсааһын олунньу 17 күнүгэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын кыра саалатыгар төгүрүк остуол тэрийэн ыытта.
Владислав Коротов түһэриитэ
«ДЬОКУУСКАЙ КУОРАТ 400 СААҺЫГАР ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛБЫТ ЧӨЛ ТУРУКТААХ БУОЛАРЫН СИТИҺИЭХХЭ!» диэн ыҥырыылаах хамсааһын ырытыыта тыл эйгэтигэр тыҥаан турар кыһалҕалары ырытта. Кыра саастаах оҕолору төрүт тылынан ыраастык саҥарарга үөрэтии, нууччалыы иитиилээх эрээри сахалыы саҥарыан баҕалаахтары өйөөһүн, саха тылын чөл туруктаах хаалларыы аныгы ньымалара ырытылыннылар.
Түмсүүнү тэрийбит биллиилээх уопсастыбанньык Яна Угарова, кэлбит дьону хас биирдиилэрин билиһиннэрэн, туох этиилээхтэрин туоһулаһан, кэлэр кэмҥэ үлэ барылын таһаарар хайысханы биэрдэ. «Саха тыла 400» хамсааһын бастакы көрсүһүүтүгэр кыттыылаахтар тус санааларын үллэһиннилэр, өйдөһөр түгэннэрин булан кэлэр кэмҥэ былааннааһын үлэтин ыыттылар.